Читать онлайн
"Кылыһым кылыгар уйдаран..."
Алексеева Прасковья Прокопьевна — Мутукча 1955 с. тохсунньу 26
күнүгэр Ньурба бөһүөлэккэ Даниловтар дьиэ кэргэннэригэр, алта оҕо
лоох ыалга иккис оҕоннон төрөөбүтэ.
Ийэтэ Григорьева Евдокия Григорьевна, аҕата Данилов Прокопий
Алексеевич – кырыымпаһыт. Бииргэ төрөөбүттэрин кытта наһаа иллээх-
эйэлээх буола улааппыттара, бэйэ-бэйэлэригэр куруук күүс-көмө буолал-
лар. Биэс оҕо күн күбэй ийэтэ, уон биэс сиэн тапталлаах эбээтэ (кэлин
икки хос сиэн хос эбээтэ).
Ньурба бастакы нүөмэрдээх оскуолатын бүтэрээт, комсомольскай
«Школа, Производство, Вуз» ыҥырыытынан Чаппанда нэһилиэгэр
ыанньыксыттыы тахсыбыта. Бу кэмнэргэ олоҕун аргыһын көрсөн
ыал буолбуттара. Тыа хаһаайыстыбатын салайар кадрдарын бэлэм-
ниир ЯСХТ РК үөрэнэн бүтэрбитэ. Комсомол учёт секторынан, “Иис-Уус”
промкомбинакка иистэнньэҥинэн, ОТК контролерунан, кэлин уон сылга
Ньурба ГОК Накыын бөһүөлэгэр уопсайдар заведующайдарынан үлэлээби-
тэ. Үлэтин түмүгүнэн элбэх грамоталарынан, бэлэхтэринэн бэлиэтэнэр этэ.
Талааннаах киһи элбэх талааннаах. Өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр
хоһоонньут, тарбаҕар талааннаах иистэнньэҥ бастыҥа, асчыт мааныта,
сүрдээх оҕуруотчут этэ.
Кини чараас ис куттаах, айар куттаах. Мутукча диэн хос аат ылы-
нан элбэх хоһоон, кэпсээн суруйбута. «Ньурба уоттара» литературнай
түмсүүтүн чилиэнэ.
Прасковья Прокопьевна – Мутукча хоһоонноро 2016 с. «Ньурба
уоттара» журналга, 2020с. «Көмүс үйэ көмүс ааттара» кинигэҕэ, 2016с.
«Аан ситим ырыалара» Александр Дмитриев-Таммах ырыанньыгар, 2019
с. «Сомоҕо» түмсүү «Сандал саас» хомуурунньукка киирбиттэрэ. Нелли
матыыбыгар «Үрүҥ күнү уруйдуубун», Семён Ченянов матыыбыгар
«Саныыбын», Александр Дмитриев-Таммах матыыбыгар «Оо, суох» уон-
на Маргарита Жданова-Кырдал кыыһа матыыбыгар «Саҥа хаар үҥкүүтэ»
хоһоонноро ырыа буолбуттара. Ньурба уоттара тэрийбит «Ньурба күһүнэ»
литературнай күрэххэ прозаҕа бочуоттаах иккис миэстэ буолбута.
Интернет хоһоонньуттар түмсүүлэрин күрэхтэригэр дипломант буолбута.
Тапталлаах кэргэним, ийэбит, эбээбит Алексеева Прасковья
Прокопьевна — Мутукча 2021 сыллаахха балаҕан ыйын 16 күнүгэр Аан
дойду олоҕун дьалкыйбыт дьаҥ “Ковид” диэн ыарыы ыараханнык кии-
—3—
рэн күн сириттэн барбыта. Бу олохтон букатыннаахтык барбытын би-
лигин даҕаны итэҕэйбэппит, бу биһиэхэ чугас дьонугар ыар сүтүк, ди-
риҥ хомолто… Санаабытыгар, бу дьиэҕэ киирэн кэллэхпитинэ, кухняҕа
чэй иһэ олоруо, эбэтэр ас астаан букунуйа сылдьыа, оҕуруотун аһын
заготовкалаан аймана сылдьар буолуо… Биһиги ортобутугар мантан
иннэ суох буоларын өйбүтүгэр баччааҥҥа диэри олох сатаан ылыммакка
сылдьабыт… ийэбит, эбээбит барахсан…
Күндү киһибит олус сымнаҕас, эйэҕэс, аһыныгас майгылаах, үтүө,
сырдык санаалаах, куруук үөрэ-көтө сылдьар, киһиэхэ бары күүс-көмө
буолан, аччыктаабыты аһатан, тоҥмуту ириэрэн, амарах санаалаах этэ.
Олоҕун тиһэх күннэригэр диэри оҕолорун, сиэннэрин туһугар кыһаллан-
мүһэллэн, сүбэ-ама буолан, туох кыалларынан көмө буолбута. Истиҥ
кэрэ мичээрин, сымнаҕас чугдаархай куолаһын олус да ахта саныыбыт.
Биһиги сүрэхпитигэр күндү киһибит, күн күбэй ийэбит, тапталлаах
эбээбит сырдык мөссүөнэ өрүү тыыннаах буолуо. Ахтабыт, суохтуубут,
күүскэ-күүскэ таптыыбыт.
Бу кинигэни таһаарарбытыгар күүс-көмө буолбут чугас дьоммутугар,
үтүө ахтыы санааларын үллэстибит ийэбит (эбээбит) чугас дьонноругар,
доҕотторугар барҕа махталбытын тиэрдэбит. Күндү дьоммут этэҥҥэ
буолуҥ, эһиэхэ уонна дьиэ кэргэҥҥитигэр кытаанах доруобуйаны, чэги-
эн чэбдик туругу, ыраас халлааны, дьолу-соргуну баҕарабыт.
Тапталлаах киһибит сырдык кэриэһигэр.
Кэргэнэ, оҕолоро, кийииттэрэ,
күтүөттэрэ, сиэннэрэ.